Автор: Надежда Константиновна Рязанская
Үтүө күнүнэн, убаастабыллаах учууталлар ,оҕолор.
Барыгытын Төрөөбүт тыл,сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэлиибин.
Оҕолоор, биьиги чугас дьоммутугар, табаарыстарбытыгар, аймахтарбытыгар эҕэрдэлээн, үчүгэйи баҕаран өрүү туох диэн этэбитий?
Биллэн туран, бастакынан , кинилэр өрүү доруобай, чэбдик сылдьалларыгар баҕарабыт.Дьон мээнэҕэ эппэт «Доруобуйа баар буоллаҕына туох барыта баар буолуо» диэн. Ол да буоллар биһиги тоҕо эрэ ыарыйдахпытына эрэ бэйэбит доруобуйабытын саныыбыт, болҕомто уурабыт.Дьиҥэ,киһиэхэ олох биирдэ бэриллэрин курдук доруобуйабыт эмиэ биир ээ.Саамай күндү баайбыт – доруобуйабыт, бэйэбит илиибитигэр баар. Кыра эрдэхпититтэн доруобуйабытын харыстаан, чэгиэн — чөл буоларга кыһаллыах тустаахпыт. Ол иһин тугу гыныахтаахпытый?(спордунан дьарыктаныахтаахпыт, чөл олоҕу тутуһуохтаахпыт, эппитин хааммытын эрчийиэхтээхпит…)Уонна хайаан даҕаны аһыыр аһылыкпытын көрүнүөхтээхпит
“Эн тугу аһыыгын да, оннук буолаҕын” диэн нуучча өһүн хоһооно баар. Сөптөөх аһылык – диэн доруобуйа төрдө. Ол эрээри өр кэмҥэ буортулаах астары аһаатахха, киһини ыарыы буулуура биллэр суол. Ол аата норуот доруобуйата тугу аһыырыттан тутулуктаах буолан тахсар.
Урут өбүгэлэрбит айылҕа тугу биэрбитинэн, туох да булкааһа суох аһы аһаан олордохторо. Экология туруга ыраас буолан, былыргы ас үрдүк хаачыстыбалааҕа уонна тыа дьоно араас ыарахан эрээри,олус туһалаах дьарыктара хара үлэ этэ. Оттон билигин: аһыыр аспыт барыта химическэй эбиликтээх,хамсаныылаах ыарахан үлэ суох,куһаҕан дьаллыктар көрүҥнэрэ эбиллэн иһэр.Бу барыта доруобуйаны айгыратар.
Оттон төлөпүөҥҥэ сиэрэ суох ылларбыт оҕо сүүрэр-көтөр, салгыҥҥа сылдьар оҕоттон туох уратылааҕый? Тэҥнээн көрүҥ эрэ, толкуйдаан, бэйэҕитигэр түмүктэ оҥостуҥ!
Доруобуйа- бу билиҥҥи кытаанах кэмҥэ олус улахан суолталаах.Коронавирус дьаҥын кытта туруулаһар кытаанах доруобуйалаах буолуох тустаахпыт.Ол иһин биһиги дойдубутугар 2021 сыл Доруобуйа сылынан биллэрилиннэ.Оҕолоор,оттон доруобуйалаах дьон буола улаатар туһуттан билиҥҥиттэн бэйэбитин көрүнэ, сууна –тараана сылдьыахтаахпыт, спордунан дьарыктаныахтаахпыт, сөпкө таҥна –сапта сылдьыахтаахпыт уонна аһыыр аһылыкпытын хонтуруолланыах тустаахпыт. Киһи саамай күндү баайа – доруобуйата бэйэтин илиитигэр баар.
Доруобуйа курдук сүдү баайы харыстыахха күнүн аайы!
Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларыҥ,доруобай буолуҥ.