8 (800) 101-04-53 звонок бесплатный с 6:00 по 21:00

удьуор утума

Автор: Рязанская Надежда Константиновна

Удьуор утума.

Сир-сир аайы үйэлэрин тухары биир үлэҕэ үлэлээбит, талбыт идэлэригэр бэриниилээх дьоннор бааллар.Былыр-былыргыттан идэ гыммыт дьарыктарын о5олоругар, чугас дьонноругар уhуйан хааллларбыт  буолаллар.Мин кэпсиэхпин ба5арар  дьоннорум  улэ геройдара да буолбатахтар,мэтээл-уордьан иилинэн  килэйэ-халайа хаампатах  дьон.Кинилэр уйэлэрин  тухары  таба иитиитинэн дьарыктанан ыччаттарын бу идэ5э уьуйбут утуолээхтэр. Кинилэр  Лебедэвтэр диэн нууччалыы  араспаанньалаах  эбээннэр.

  Абый улууьун Майыар нэьилиэгэ былыр-былыргыттан эбээн омук туолбэлээн олорор сирэ. Ол да иьин буолла5а,нэьилиэккэ таба иитиитэ торут дьарык буолар этэ.  20-с уйэ5э хас да ыстаадалаах,сэттэ тыьыынчаттан тахса табалаах этэ.Мин эьэм  Лебедев Николай Николаевич кэргэнинээн Мария Ивановналыын кос олохтоох эбээннэр,биэс о5олорунаан табаларын илдьэ колхозка киирэн улэлээбитинэн бараллар. Инньэ гынан о5олоро бары табаьыт улэтигэр кыра эрдэхтэриттэн сысталлар. Кэлин орто кыыстара Елена Николаевна кэргэнинээн Спиридон Иннокентьевичтыын республика5а табаьыттар буолаллар. Оттон мин а5ам Константин Николаевич кыра сааьыгар  ыраах Верхоянскай улууьугар ындыыьытынан барар уонна бу дойдуну собулээн,ыал буолан  сааьырыа5ар диэри онно олорор.  ЭЭ совхоьугар баар со5отох ыстааданы салайбыта.Биьиги,биэс о5о,бэрт кыра эрдэхпититтэн ыстаада оло5ор сылдьыбыппыт. 80-с сылларга а5абыт торообут дойдутугар оскуола5а уорэнэр бырааттарбын уонна балтыбын кытта коьон кэлэллэр.   Туундара кэрэ айыл5атыгар  улааппыт буолан  уолаттар бары таба улэтигэр  сылдьыбытынан бараллар. Ити курдук  Индигир совхозка биир табаьыт ыал эбиллибитэ.

Бииргэ торообуттэрэ бары ыстаада5а сылдьар буоланнар а5ам эмиэ  улэлии тахсар. Уьуннук улэлээбэккэ.сырыыны кыайбат буолан боьуолэккэ киирбитэ. Ол эрээри о5олоро ыстаадаттан  тэйбэтэхтэрэ. Кини туйа5ын хатаран уолаттара Валера, Костя, Христофор эмиэ ыстаада5а «Индигир» совхозка улэлээбиттэрэ. Костя оскуола5а сылдьан сайын аайы,онтон аармыйа кэнниттэн 1992 сылга  диэри  улэлээбитэ. Христофор аан маннайгы о5олорго ыытыллыбыт «Оленеводство-в руки молодых»диэн республиканскай слекка сылдьан ынырыы таьааран оскуола кэнниттэн ыстаада5а тахсыбыта,икки сыл буолан баран СХТ –га ветеринар уорэ5эр уорэнэ сылдьан академическай уоппуска ылан кэлэн эмиэ улэлиир, ол курдук 1992 сыллаахха  диэри сылдьыбыта, Валера 2011 сыллаахха диэри улэлээбиттэрэ. Ити быыьыгар уьуон  аармыйа5а сулууспалаан кэлбиттэрэ.Валера сайын эмиэ тороппуттэрин  курдук  дьиэ кэргэнинэн тахсаллар этэ. Бугунну куннэ биир ыстаада баарын хаьыс да сылын Мария салайан улэлиир.    

                Нэьилиэкпитигэр 90-с сылларга кыыл таба кэлэн  сууманы сууманан  илдьэ баран табаларыттан илии соттон хаалбыт тугэннэригэр   «а5ыйах да таба хааллар,уоскуур ини»диэн санаалаах  улэлэриттэн аккаастамматах  дьоннор бааллар этэ.Этэргэ дылы,тоьо да  оччолорго биьиги эрэ ыстаадабытын кыылга былдьаппыт курдук ойдобул баарын иьин, республика атын да табалаах хаьаайыстыбалара ситинник  балаьыанньаламмыттарын кэлин билэбит. Оттон ити кэмнэргэ  улэлии сылдьар дьон тоьолоох хараастыбыттарын,санаалара туспутун тустаахтар эрэ билэн эрдэхтэрэ. Арай  а5ам  « кыыл мэйиилэтэ  ылыам диэтэ5инэ хайыаый » диэбиттээх.Табаьыт оло5ун ымпыгын-чымпыгын билэр киьи  атыннык толкуйдаата5а…

                Инньэ гынан  400-чэкэ тобо  ордон хаалар. Итинтэн ыла сыыйа улэлиэн ба5алаах а5ыйаан,хайа да оттуттэн  ойобул тохтуур,эгэ,хааччыллыы  баар буолуо дуо. Били бураанынан, дьиэнэн маанчыыктанан тахсыах буолааччылар тоттору тоннон бэрт а5ыйах ба5алаах  дьон улэлии хаалаллар.Уйэтин таба иитиитигэр анаабыт  Валера ханна да халбаннаабакка,улэлии хаалар. Тоьолоох  сирэйгэ-харахха анньыллыыны, хоруотааьыны тулуйан сылдьыбыттара буолуой!  Ол эрээри  «онноо5ор хотон иьигэр турар ынахтар биир да суох буоллулар,ол айыл5а5а конул сылдьар кыыл кэриэтэ табалары баччаанна диэри  корон-харайан а5аллахтара дии» диэн  этиллибит тыллары табаьыттар комускэл курдук  истибиттэрэ. Табаьыт оло5о бэйэтэ туспа эйгэлээх. Этэргэ дылы,бу-тыл,торут культура,торут дьарык  комус ньээкэ уйата буолара саарба5а суох. Ол суттэ5инэ таба эстэр,оттон таба суох буолла5ына эбээн омук суох буолар. Таба иитиитэ  атын омук  илиитигэр киирдэ5инэ эстэр куттала суоьуур эбит

 Уопсайынан Лебедевтэр таба улэтигэр торуохтэриттэн улэлииллэр диэтэххэ сыыьа буолбата буолуо. Бииргэ торообуттэр  Дмитрий Николаевич,  Константин Николаевич,  Пелагея Николаевна,  Ульяна Николаевна, Елена Николаевна бука бары таба5а улэлээбит дьоннор.Ол курдук Дмитрий Николаевич, Елена Николаевна кырдьан сырыыны кыайбат буолан тохтообуттара. Константин Николаевич эмиэ пенсия5а барыар диэри таба5а улэлээбитэ. Дмитрий Николаевич уола Коля эмиэ ыстаада5а улэлээбитэ. Билигин Мария Константиновна  салайар ыстаадата сыыйа  эбиллэр чинчилэннэ.Сайын аайы оскуола о5олоро ону кытта бэйэтин о5олоро тахсан улэ5э уорэнэллэр, Мария о5олорго наставниктыыр.

Этэргэ дылы, торут дьарыктарын биир кунунэн ылан илгэн кэбиспэтэх удьуор табаьыттар олохторо сал5анан бара туруо5а. Тыа5а куруотэ-хаьаата суох иитиллэр айыл5а мааныылаах кыыла букатыннаахтык эстэн хаалбакка кун бугун тиийэн кэллэ. А5ыйаан а5ырымнаан да сырыттар эбээн омук баарын туоьута буолла5а… Ону кытта тэннэ тылбыт-оспут, торут культуурабыт эмиэ сутэ быьыытыйан истэ5инэ патриот санаалаах дьон баар буолан, оро тардынан билигин оскуола5а кэлэр колуонэ5э тылы уорэтэн, табаьыт улэтин билиьиннэрэн сыыйа тыыллан-хабыллан туруохпут диэн эрэнэбин. Угэьи,сиэри-туому билбэт киьи баьымах со5устук сыьыаннаьара ханна барыай,ону айыл5а уйбат.Итиннэ табаьыт удьуора сутэн хаалбакка торут дьарыктарын оро туппут, туундара курдук киэн дууьалаах, уйан санаалаах дьон оссо да уоскуохтэрэ. Табаьыт идэтэ- биьиги, Лебедевтэр, торут идэбит, удьуорбут дьарыга эбит. Удьуор утума сал5анан барыа, ситим быстыбатар  ханнык  диэн ба5а санаалаахпын. Таба баарын тухары эбээн омуга баар буолуо5а.

                                                                       Н.К Рязанская (Лебедева)

 

 

×
×
×

Дополнительная

Скидка 15%

на любой курс

Промокод: В Ы Г О Д А 1 5
Выбрать курс со скидкой
Черная пятница Черная пятница Черная пятница