8 (800) 101-04-53 звонок бесплатный
с 6:00 по 21:00
?>

О5о өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин иитиитигэ кинигэ оруола

Автор: Стручкова Анна Афанасьевна

 2022 сыл үөрэх эйгэтигэр – Ааҕыы сыла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Ирина Любимова үөрэх эйгэтигэр ааҕыы сылын биллэрэригэр А.С.Пушкин «Ааҕыы – бу бастын үөрэх» («Чтение – вот лучшее учение») этиитинэн саҕалаабыта мээнэҕэ буолбатах. Кинигэ – киһи доҕоро. Кинигэ – норуот баайа. Кинигэ – барҕа баай. Кинигэ – киһи өйдөөх сүбэһитэ. Кинигэ өлбөөдүйбэт баай! Биһиги көлүөнэ дьоно ити тыллары кыра эрдэхпититтэн сүрэхпитигэр-быарбытыгар иңэрэн, кинигэни олохпут аргыһа оңостон, билиңңэ дылы үөрэхпитигэр, үлэбитигэр туһанабыт.Саҥа сайдыылаах олоххо Интернет, саңа араас технология  күүскэ киирдэ. Онон оҕо ханнык баҕарар сайка киирэн уонна электроннай кинигэлэри арыйан ааҕар кыахтанна. Оҕо Интернеттэн наадаллааҕын булан ааҕарын ситиһии төрөппүт хонтуруолугар буолуохтаах, онно учуутал көмөлөһүөхтээх. Ол иһин араас тэрээһиннэри оҥорон, оскуолабытыгар тэрээһин тематыгар сөп түбэһиннэрэн туһаныллар кинигэлэр тустарынан кэпсиибит, ону хайдах туһанарга араас сүбэлэри биэрэбит.

Түмүкпэр, духуобунас норуот культуратын, сиэрин-майгытын, тылын-өһүн кытта ыкса сибээстээх. Ол иһин норуот бэйэтин педагогикатын иитэр ньыматын туһаныы көдьүүһэ, оҕоҕо тиийимтиэтэ күүстээх. Норуот бэйэтин педагогиката – суруйан хаалларбыт сүдү кылаата кинигэбитигэр баар буолар.

Онон оҕо өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн иитиллиитигэр бэйэбит суруйааччыларбыт айымньыларын күүскэ туһаныаҕың, кэнчээри ыччаппыт сиэрдээхтик олороругар көмөлөһүөҕүҥ! Кинигэни ааҕар оҕо билиитэ кэҥиир, олоҕу көрүүтэ, олоҕу сыаналыыра сайдар, культурата үрдүүр. Кинигэ – үйэлээх өлбөөдүйбэт баай!

 

×
×